27/03/2023

С 27 по 31 марта в Якутии пройдет IX-й съезд Совета муниципальных образований РС (Я). Накануне него об истории становления системы МСУ в республике и о её сегодняшнем дне «Якутия-Daily» рассказал глава Мегино-Кангаласского района в 2003-2012 годы, председатель Совета муниципальных образований РС (Я) в 2008-2012 годы Владимир Птицын.

История начала становления местного самоуправления в Республике Саха (Якутия) справедливо относится к 2002 году — в первый год работы Штырова В. А. Президентом Республики Саха (Якутия). К тому времени по всей России органы местного самоуправления были созданы практически повсеместно, за исключением Чеченской и Саха (Якутия) республик. До этого времени у нас вопрос «создавать или не создавать» органы местного самоуправления поднимался не раз. В самом деле, в девяностые годы из-за отсутствия каких-либо нормативных подходов уровень бюджетного обеспечения улусов и городов являлся бюджетом выживания. И только жесткий контроль планирования, составления и исполнения бюджетов улусов и городов со стороны республики смог сохранить ту сеть социально-культурных учреждений, которую имеем сегодня.

Если бы местным органам власти позволили бы в те годы переход на местное самоуправление (как того хотели некоторые горячие головы), то мы  не досчитались бы не только бюджетных учреждений, но и солидного количества населенных пунктов, которых имеем сегодня. Они просто из-за отсутствия средств на содержание самоликвидировались бы, как это произошло во многих областях и краях России. Я помню, кажется, в 1995 году, на совещание актива республики, некоторые главы перед Президентом Республики поставили вопрос о передаче местных финансовых органов в их ведение. И первый Президент М.Е. Николаев этот вопрос включил в рабочем порядке в повестку и слово дал для ответа мне. Тогда я, будучи министром финансов, ответил, что такое может случиться только «через мой труп». Возможно, я выразился не совсем удачно, но это был крик души.  Тогда ведущий совещание первый Президент сказал, что мой «труп» республике не нужен, но в целом поддержал и поставил на место тех самых глав. За что следует  благодарить Михаила Ефимовича.  Выиграла от этого республика или проиграла, судите сами. Я лично считаю: мы выиграли, хотя бы тем, что нам удалось сохранить наш Север со всеми его структурными особенностями, нашу глубинку с живущими там прекрасными людьми.

Таким образом, одним из ключевых моментов предвыборной президентской программы второго Президента Республики, Вячеслава Анатольевича Штырова, были вопросы развития местного самоуправления. Теперь это было уже требованием времени. В бюджетном планировании появились нормативные подходы, программное обеспечение, на федеральном уровне законодательно были приняты Бюджетный кодекс и Закон о местном самоуправлении.

В 2002 году именно по инициативе Президента Республики Саха (Якутия) В.А. Штырова в улусах (районах) республики повсеместно был осуществлен переход на местное самоуправление. 28 января 2002 года, выступая перед депутатами парламента, только что избранный Президент сформулировал программные направления муниципального строительства на ближайшую перспективу и практическая работа началась. Жители республики полностью поддержали идею создания муниципалитетов в улусах и районах и 27 сентября 2002 года на референдумах большинством голосов проголосовали за введение самоуправления. 29 декабря 2002 года – день выборов представительных органов местного самоуправления и глав муниципальных образований в улусах (районах) – вошел в историю как переход всей территории Республики Саха (Якутия) под юрисдикцию муниципальных органов власти. Вторым и окончательным этапом становления местного самообразования в республике был в 2005 году повсеместный переход на поселенческом уровне. До этого, в течение почти 15 лет постсоветского времени, руководство наслегами осуществлялось главой, назначаемым  исполнительной властью улуса (района). Депутатского корпуса в наслегах не было, финансовая деятельность ограничивалась в пределах сметы расходов, спускаемой сверху.

В.А. Штыров уделял  огромное внимание укреплению института местного самоуправления и требовал от органов исполнительной власти всемерной поддержки муниципальных образований. Большая организационная работа по становлению местного самоуправления проведена Правительством и министерствами. Был создан Совет по развитию местного самоуправления при Президенте Республики Саха (Якутия), который возглавлял Вице-президент Александр Константинович Акимов. Разработана и принята первая Республиканская программа государственной поддержки развития муниципальных образований, которая заложила фундамент действующей системы самоуправления. А в 2007 году В.А. Штыров своим указом утвердил Концепцию развития местного самоуправления в Республике до 2015 года, тем самым определив развитие местного самоуправления на долгосрочную перспективу.

В 2006 году опять же по инициативе Вячеслава Анатольевича состоялся 1 исторический съезд муниципальных образований республики, где был образован Совет муниципальных образований – Ассоциация межмуниципального сотрудничества, объединяющая 445 муниципальных образований республики. Первым председателем Совета муниципальных образований на этом съезде был избран Попов Анатолий Тарасович, глава Мирнинского района.

Неоценимую помощь в становлении муниципалитетов в республике оказал Департамент по местному самоуправлению во главе с уважаемым Семеном Васильевичем Кырбасовым. Постоянные курсы, семинары, обсуждение насущных и проблемных вопросов на заседаниях правления Совета, целевые командировки на места по оказанию практической помощи, деловые встречи, круглые столы – вот неполный перечень той большой работы, которую проводил Департамент. Пользуясь случаем, разрешите от имени всех глав муниципальных образований высказать слова благодарности всем нашим кураторам и лично Семену Васильевичу!

К сожалению, было время, когда Департамент по МСУ был ликвидирован как самостоятельная структура в составе Администрации Главы и Правительства и его функции были объединены с другим департаментом, но позднее его статус восстановили. Это сделал Айсен Сергеевич Николаев, как только был назначен временно исполняющим обязанности Главы Республики Саха (Якутия). Ведь муниципалитет – это тот орган власти, который находится ближе народу, каждодневно перекликается и тесно связан с ним, и как никто чувствует настроение всего общества, которое живет, трудится на территории муниципального образования.

Не зря Президент Российской Федерации Владимир Владимирович Путин своим Указом от 12 июня 2012 года учредил День местного управления, отмечаемый ежегодно 21 апреля по всей России.

Дело по развитию местного самоуправления, начатое вторым Президентом Вячеславом Анатольевичем Штыровым, продолжается. На днях 27-31 марта делегаты органов местного самоуправления со всей республики в очередной раз соберутся на IX съезде Совета муниципальных образований Республики Саха (Якутия) – ассоциации межмуниципального сотрудничества обсудить насущные проблемы дальнейшего развития этого важного института управления.

Владимир Птицын,
Глава МР «Мегино Кангаласский улус (район)» с 2003 по 2012 годы, председатель Совета муниципальных образований – Ассоциации межмуниципального сотрудничества Республики Саха (Якутия) с 2008 по 2012 годы.

Саха сиригэр олохтоох салайыныы атаҕар туруутугар В.А.Штыров оруола

Өрөспүүбүлүкэбитигэр олохтоох салайыныы олоххо бастаан киириитин устуоруйата  2002 сылтан саҕаланан, Штыров В.А. СӨ Бэрэсидьиэнинэн үлэлиир бастакы сылыгар сөп түбэһэр. Оччолорго олохтоох салайыныы уорганнара, Чечен уонна Саха Өрөспүүбүлүкэлэриттэн ураты, Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр тэриллибиттэрэ. Онуоха диэри биһиэхэ олохтоох салайыныы уорганнарын «тэрийэбит эбэтэр тэрийбэппит» диэн боппуруос элбэхтэ турбута.

90-с сылларга улуустар бүддьүөттэрин хааччыйыыга ханнык да нуормалар өссө олохтоно илик кэмнэригэр улуустар, куораттар нэһиилэ тиийинэн олоруу, тыыннаах буолуу бүддьүөтүнэн олорор этилэр. Кинилэр бүддьүөттэрин былааннааһыҥҥа, оҥорууга уонна толорууга өрөспүүбүлүкэ өттүттэн кытаанах хонтуруол баар буолан, култуура уонна социальнай эйгэ тэрилтэлэрин чөл тутуу ситиһиллибитэ.

Оччолорго былаас олохтоох уорганнарыгар олохтоох салайыныыга көһүүнү тута көҥүллээбит буоллар, бүддьүөт тэрилтэлэрин сорҕото, ону кытта күн бүгүн ньиргиччи тэринэн олорор элбэх нэһилиэнньэлээх пууммут суох буолуох этилэр. Арассыыйа атын уобаластарыгар, кыраайдарыгар оннук да буолбута.

1995 с. СӨ Бэрэсидьиэнигэр сорох улуустар баһылыктара олохтоох үп-харчы уорганнарын кинилэр дьаһайыыларыгар биэриини туруорсубуттара.  Бастакы Бэрэсидьиэн М.Е.Николаев бу боппуруоска үп миниистирин быһыытынан хоруйдуурга миэхэ тыл биэрбитэ. Онуоха «өллөхпүнэ эрэ  сөбүлэһиэм» диэбитим соччото суохтук иһиллибитэ буолуо эрээри, ити хоруй бүтэһик хаһыыга тэҥнээҕэ. Онон Бэрэсидьиэн этиибин өйөөн, ылынан, баһылыктары оннуларын буллартаабыта. Итинтэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит тугу сүүйбүтүн, сүүйтэрбитин бэйэҕит сыаналааҥ. Тус бэйэм сүүйбүппүт дии саныыбын – биһиги туох баар тэрилтэлэри кытта хоту сирдэрбитин уонна кырыы, кыра нэһилиэктэрбитин, онно олохтоох дьоммутун-сэргэбитин чөл тутан хаалбыппыт.

Онон олохтоох салайыныыны сайыннарыы боппуруостара Вячеслав Анатольевич Штыров СӨ иккис Бэрэсидьиэнинэн талыллар бырагырааматын биир тутаах хайысхатынан буолбута. Ол быһыытынан бүддьүөтү былааннааһыҥҥа нуормалар, бырагыраамалар баар буолбута, федеральнай таһымҥа Бүддьүөт Кодексата уонна Олохтоох салайыныы сокуона ылыллыбыттара.

2002 с. СӨ Бэрэсидьиэнэ В.А.Штыров көҕүлээһининэн, улуустар бары олохтоох салайыныыга көспүттэрэ. Ити сыл тохсунньу 28 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ дьокутааттарын иннигэр тыл этиитигэр саҥа Бэрэсидьиэн чугастааҕы кэмнэргэ муниципальнай тутуу сүрүн тосхоллорун кэскиллээх бырагырааматын иһитиннэрэн, маны олоххо киллэрии үлэтэ саҕаламмыта. Олохтоохтор улуустарга муниципалитеттары тэрийиини өйөөнөр, 2002 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр ыытыллыбыт референдумҥа олохтоох салайыныыны киллэрэргэ куоластаабыттара. Ити курдук, 2002 с. ахсынньы 29 күнэ – улуустарга олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарын уонна муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктарын быыбарын күнэ – устуоруйаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин сирин-уотун бүттүүнэ былаас муниципальнай уорганын юрисдикциятыгар көһүүтүн кэрэһилээбитэ.

Салгыы аны 2005 с. бары нэһилиэктэр бэйэни салайыныыга көһүүлэрэ олохтоох салайыныы иккис уонна бүтэһиктээх түһүмэҕинэн буолбута. Онуоха диэри, 15 сыл кэриҥэ кэм устатыгар, нэһилиэктэри улуус ситэриилээх былааһа анаабыт баһылыктара салайбыттара. Нэһилиэктэр үбүлээһиннэрэ ороскуот сметатын кээмэйинэн үөһэттэн түһэриллэр этэ.

В.А.Штыров олохтоох салайыныыны бөҕөргөтүүгэ улахан болҕомтотун уурара уонна өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһыттан муниципальнай тэриллиилэри бары өттүнэн өйүүрү ирдиирэ. Онон улахан үлэ ыытыллыбыта. СӨ Бэрэсидьиэнигэр Олохтоох салайыныыны сайыннарыыга  Сэбиэт тэриллибитэ. Сэбиэт үлэтин оччолорго вице-президент Александр Константинович Акимов салайбыта. Муниципальнай тэриллиилэри сайыннарыыга туһуламмыт судаарыстыбаннай өйөбүл өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы бырагыраамата оҥоһуллан ылыллыбыта. Манан олохтоох салайыныы бигэ акылаата ууруллубута. 2007 с. В.А. Штыров Ыйаах таһааран, 2015 с. диэри СӨ олохтоох салайыныыны сайыннарыы Кэнсиэпсийэтин бигэргэппитэ. Ити курдук олохтоох салайыныы сайдыыта уһун болдьохтоох кэм устатыгар бөҕөргүү турара быһаарыллыбыта.

2006 с. эмиэ Вячеслав Анатольевич көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэ  муниципальнай тэриллиилэрин 1 историческай съезтэрэ ыытыллыбыта. Манна  муниципальнай тэриллиилэр Сүбэлэрэ – өрөспүүбүлүкэ 445 муниципальнай тэриллиилэрин түмэр муниципалитеттар икки ардыларыгар хардарыта бииргэ үлэлээһин Ассоциацията тэриллибитэ. Сүбэ бастакы бэрэссэдээтэлинэн бу съезкэ Попов Анатолий Тарасович, Мииринэй оройуонун баһылыга, талыллыбыта.

Саха сиригэр муниципалитеттар атахтарыгар турууларыгар Семен Васильевич Кырбасов салайааччылаах олохтоох салайыныыга Департамент сыаналаммат улахан өҥөлөөх. Департамент ыытар элбэх көдьүүстээх куурустара, семинардара, төгүрүк остуоллара, миэстэтигэр кэлэн көмөнү оҥоруу, тирээн турар суолталаах, араас кыһалҕалаах боппуруостары быһарсыы – барыта бу Департамент иһинэн ааһара. Суох оҥоһуллан, атын департамены кытта холбонуллубут тэрилтэни Ил Дархан  Айсен Сергеевич Николаев саҥаттан сөргүтэн тэрийбитэ үчүгэй эрэ өрүттээх буолуоҕа. Быйыл муус устар 21 күнүгэр Олохтоох салайыныы күнүн Арассыыйа үрдүнэн онус төгүлүн бэлиэтиэхпит.

Бэрэсидьиэн Вячеслав Анатольевич Штыровтан саҕаламмыт олохтоох салайыныыны сайыннарыы дьыалата күн бүгүн салҕана турар.  Кулун тутар 27-31 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүттэн делегаттар муниципальнай тэриллиилэр Сүбэлэрин – муниципалитеттар икки ардыларыгар хардарыта бииргэ үлэлээһин Ассоциациятын IX сийиэһигэр мустаннар, салгыы сайдыы боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ.

Владимир Птицын,

Мэҥэ Хаҥалас улууһун 2003 (тохсунньу)-2012 (кулун тутар) сс. баһылыга,

муниципальнай тэриллиилэр Сүбэлэрин –

СӨ муниципалитеттарын икки ардыларыгар хардарыта бииргэ үлэлээһин

Ассоциациятын 2008-2012 сс. бэрэссэдээтэлэ.