Тыа сирэ тыыннаах хааларын туруулаhан
03/07/2023
Бу соторутааҕыта Языковка диэн дэриэбинэҕэ биир эрэ киһи хаалбытын туһунан сонуннарга кэпсээбиттэрэ. Бүтүн дэриэбинэ үрдүнэн суос-соҕотох киһи олорор үһү… Сэбиэскэй сойуус суох буолбутун кэннэ, ааспыт отучча сыл иһигэр, Россия үрдүнэн тыһыынчанан дэриэбинэ эстибит, өссө 10 тыһ.тахса дэриэбинэҕэ сүүстэн аҕыйах киһи олорор, олортон үгүстэрэ кырдьаҕастар…. Киһини долгутар, толкуйдатар, дьиксиннэрэр чахчылар. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ити дьалхааннаах кэмҥэ тыа сирин харыстыыр, сайыннарар сөптөөх политика ыытыллыбыт буолан, биир да дэриэбинэ эстибэтэ. Сайдыы суолунан эрэллээхтик хардыылаан иһэбит. Гаас киирэн, элбэх ыал мас мастаан, оһох оттон бүттэ, сып-сырдык, сып-сылаас дьиэлэргэ үөрэ-көтө олоробут. Киһи эрэ сэргии, кэрэхсии көрөр оскуолалара, балыыһалара, спортивнай саалалара тутулуннулар. Саха ынаҕын, сылгытын, дьиэ табатын аан дойдуга биһирииллэр. Үрүҥ илгэни үрүлүтэр, аһы-үөлү оҥорон таһаарар сыахтар, комбинаттар, бэкээринэлэр тэриллэн, ньиргиччи үлэлии-хамсыы тураллар. Бэйэбит минньигэс, иҥэмтэлээх, битэмииннээх төрүт аспытын аһаан олорор дьоллоох дьоммут.
Дойду үрдүнэн буолбут уларыйыы биир кэрдиис кэмигэр тыа сирэ кэлимник сайдарын туһугар туруулаһан үлэлээбит, кэскиллээх хамсааһыннары көҕүлээбит, бары өттүнэн күүскэ өйөөбүт киhинэн өрөспүүбүлүкэбит иккис бэрэсидьиэнэ Вячеслав Анатольевич Штыров буолар. Кини быйыл 70 сааһын томточчу туолла. Бу күннэргэ норуот сайдыытыгар оҥорбут сүҥкэн кылаатын сырдатар, ахтар-саныыр дьоһуннаах тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар.
Тыа сирин кэлимник сайыннарар аан бастакы бырагыраама
Вячеслав Анатольевиһы кытта биир кэмҥэ олус ситиһиилээхтик, айымньылаахтык үлэлээн кэлбит биллэр государственнай, общественнай деятель, тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, Ил Түмэн депутатынан таһаарыылаахтык үлэлээбит тумус туттар киhибит, Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов бу курдук кэпсиир:
— Штыров бэрэсидьиэн буолан баран, тыа хаһаайыстыбатын салайар үлэһиттэри ыҥыран улахан мунньах тэрийбитэ. Россия үрдүнэн сэбиэскэй хаһаайыстыбалар суох буоллулар, тыа сирэ государство баайыттан-дуолуттан таҕыста, сири-уоту чааһынай бас билиигэ биэрдилэр. Бу кириисис кэмигэр олорорго сүрдээх уустук буолуо, онон Тыа сирин кэлимник сайыннарар бырагыраама оҥостуохтаахпыт диэн чопчу сыал-сорук туруорбута. Биһиги, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ, оннук сорудаҕы ылан баран, улаханнык мунаарбыппыт. Онно төрүөт баара. Хайдах эрэ түргэнник хамсааһыны таһаарар киһи диэн санаа барыбытын үүйэ тутара. Ол гынан баран барыта таҥнары бара турар көрдөрүүлээх, сүөһү, сылгы, таба ахсаана аҕыйыы турар, кириисис кытаанах ытарчатыгар ылларбыт тыа хаһаайыстыбатын аҕыйах сыл иһигэр өрө тардар, баҕарбыт курдук сайыннарар кыах суоҕа. Ол көстөн турар кырдьык этэ. Дьэ, ол иһин бастакы Бырагыраама кириисиhи тохтотор, экономика бу уустук салаатын стабилизациялыыр туһугар оҥоһуллубута, бэрэсидьиэн олох иҥэн-тоҥон сүбэлэһэн, сахалыы эттэххэ, биһигини утарсааччылартан киэҥ көхсүнэн бүөлээн, урукку өттүгэр хаһан да оҥоһуллубатах «Судаарыстыбаннай бэрэсидьиэн бырагыраамата» диэн ааттанан бырабыыталыстыбанан бигэргэнэн Ил Түмэҥҥэ киирбитэ.
Парламент биир санаанан өйөөбүтэ. Манна Филипп Гаврильевич Охлопков барахсан олус кыһаллан көмөлөспүтэ. Бырагыраама бигэргэтиллэн, тыа сиригэр бэриллэр үп сокуоннары утарбат, ол оннугар сокуонунан бигэргэтиллибит күүстээх буолбута. Бу олус дьоһуннаах хардыы буоларын, кини аҥаардас тыа хаһаайыстыбатын эрэ сайдыытын буолбакка, тыа сирин сайдыытын сүрүн хайысхаларын: гаастааһын, дьиэ-уот, социальнай эбийиэктэр тутууларын, мелиорация боппуруостарын эмиэ хабара да көрдөрөр. Тыа сирэ халбаҥнаабат өйөбүллээх буолбута. Ый аайы туох үлэ барбытын отчуоттуур этибит. Бэрэсидьиэн Штыров көрүллүбүт үп, ылыллыбыт сорук булгуччу толорулларын ирдиирэ, онон соруктар биһиги өрөспүүбүлүкэбит бары салайааччыларынан толоруллара ситиһиллибитэ.
Саха бырабыыталыстыбата быһаарыахтаах биир сүрүн боппуруостаах
— Тыа сирин сайыннарыыга ханнык боппуруостары аан бастаан быһаарбыккытый?
— Штыров бэрэсидьиэн буолар сылыгар Россия киин былааһыттан тыа хаһаайыстыбатыгар саамай муҥутаан 46 мөл.солкуобайы ылбыппыт. Бэйэбит тугу да оҥорбот буоллахпытына, ити эстии суола этэ. Ол иһин саҥалыы суолу-ииһи көрдөөһүн соруга турбута. Көрдөрүү барыта аллараа түһүүтүн тохтотуу, сүөһү-ас аҕыйаабатын туһугар турунуу буолбута. Ол туһугар, барытын биирдэ үрэйбэт иннигэр, бородууксуйа 60%-ын ордугун биэрэр чааһынай хаһаайыстыбалары ханнык эрэ ньыманан өйүүр наада этэ. Ол иһин үүт туттарааччыга урукку биир литр үүккэ ылар 6 солкуобайыттан 3,5 солк. судаарыстыбаҕа төннөр дотация оннугар, кини ороскуотун сороҕун сабар 7,5 солк.субсидия диэни киллэрбиппит. Ити субсидияттан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын туттарааччы тугу да судаарыстыбаҕа төнүннэрбэт буолбута. Субсидия үлэлиир, бородууксуйаны оҥорор эрэ киһиэхэ бэриллиэхтээх диэн ирдэбил турбута, онтон ону толорор туһугар хас улуус аайы саҥа соҕотуопкалыыр-астыыр кииннэр оҥоһуллубуттара. Билигин да олор үчүгэйдик үлэлии тураллар.
Үгүс сыллар усталарыгар мунньуллубут иэс боппуруоһа бастакы сылларга олус сытыытык турбута. Бу улахан өттө бүддьүөт ороскуоттуур чааһыгар көрүллүбүт үп судаарыстыбаҕа төннүөхтээх диэн дьаһалтан тахсыбыт иэс этэ. Ону ылан судургутук сотон кэбиһэр кыаллыбат этэ, ол иһин тута ирдэбилтэн таһааран «Туймаада» ҮХАПК-ҕа бэриллибитэ. Тута ирдэнэн дьону эһиэҕинээҕэр бытааннык хомуллан, дьоҥҥо төттөрү туһалаатын диэн буолбута. Кырата суох суума этэ: 3 млрд солк.тэҥнэһэрэ. Саамай суолталааҕа диэн аны бүддьүөккэ көрүллүбүт үп төттөрү ирдэммэт субсидия быһыытынан бэриллэр буолбута. 2010 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 8 млрд солк. тыа сирин сайдыытыгар бэриллэр буолбута. Ол кэмҥэ Россия үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатыгар 124 млрд бэриллэрэ, ол иһиттэн 87 миллиард банк бырыһыанын сабарга барара, хаалбыт 37 млрд солкуобайы 80-тан тахса эрэгийиэн үллэстэрэ. Онон Саха сирэ тыа хаһаайыстыбатын хайдах курдук үрдүк таһымнаахтык өйөөбүтүн санаан көр!
Вячеслав Анатольевич бырабыыталыстыба иннигэр өрүү биири этэрэ: «Саха бырабыыталыстыбата быһаарыахтаах биир сүрүн боппуруостаах. Ол — тыа сирин олоҕун хааччыйыы, сайдар суолун-ииһин тобулуу. Үөрэхтээһин, медицина, култуура, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата, салалта барыта бүддьүөттэн ылар, быһаарыллыбыт үптээхтэр, промышленность биһиэхэ эрэ наадыйбат, көрдөһөрбүтүттэн-көрдүүрбүтүттэн куттанан, аҕыйахтык сылдьаллара буоллар диэн баҕалаах. Онтон биһиги хотугу дойдубутугар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы, ону бизнес оҥоруу олус уустук, олох олоруу судургута суох. Дьэ, ону эһиги быһаарыахтааххыт биир соҕотох боппуруоһу».
Көнө суол, сылаас дьиэ, саҥа оскуолалар
— Кырдьык, сөптөөх да этии! Биһиги түҥ былыргыттан сүөһү, сылгы иитэн олорор омук буоллахпыт дии. Тыа сиригэр дьон-сэргэ олохсуйа хааларын туһугар оччолорго киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллан кэллэҕэ…
— Чахчы оннук. Барытын биир дьоҕус суруйууга сырдатар кыаллыбата буолуо. Бастатан туран, Вячеслав Анатольевич тыа дэриэбинэлэрин гаастааһын олус бытааннык барарын хамсатарга бэрт улахан болҕомтотун уурбута. Үп-харчы төһө да дэлэйбэтэр, чопчу сыалга түмүллэн, үлэ хамсаан барбыта. Чугас сытар улуустар кииннэрин эрэ буолбакка, дэриэбинэлэрин эмиэ гаас ситимигэр холбуохха диэн урукку салалта саҕалаабыт үлэтин салҕаабыта. Нам, Бүлүү, Хаҥалас, Горнай улуустарыгар үлэ салгыы ыытыллыбыта. Олох да кэтэһэ сатаан баран кэтэһиллибэт буолбут гаас ситимэ илин эҥээргэ Өлүөнэни туораан тахсыбыта.
Аны айан суолун туһунан. Түөрт Бүлүү улуустарын холбуур суолу федеральнай трасса оҥорор үлэни бэрэсидьиэн турунан туран салайбыта. Киин былаастар «суолгут хас да сиринэн быстан сытар, олору оҥорон, сылы эргиччи сырыы баар буоларын хааччыйдаххытына эрэ ылабыт» диэн усулуобуйа туруорбуттара. Үп-харчы тиийбэтинэн итини быһаарар уустуктардааҕа. Үп булан суолу ситэрэр наадатыгар бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суол тутуутун тохтотор кыһалҕа үөскээбитэ. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар сылдьыһар суолбут суох, тугун эмиэ федеральнай трассатай диэччилэр эмиэ бааллара. Ол мөккүөргэ Вячеслав Анатольевич: «Нэһилиэктэн син хайдах эмэ муҥнаһан улуус киинин булуоххут, онтон салгыы суолгут федеральнай трасса буоллаҕына, Москваҕа да тиийэ айанныаххыт», — диэн хоруйдаабыта. Оччолорго итини истибит киһи «өссө Москвалаах баҕастаах» диэбит буолуохтаах. Оттон билигин таас муосталар тутулланнар, паруомунан туорааһыны олохтооннор, Бүлүү суола сылы эргиччи үлэлиир, федерацияттан кэлэр харчынан оҥоһуллар, көрүллэр-харайыллар.
Дьэ уонна Россия тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр туруорсаммыт тыа сиригэр субсидиялаах (федерацияттан уонна өрөспүүбүлүкэттэн 70% үбүлэнэр) дьиэлэри тутар буолбуппут. Бу бырагырааманан Вячеслав Анатольевич бэрэсидьиэнниир сылларыгар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, тыа сиригэр олорор атын да эйгэҕэ үлэлиир дьон барыта 20 тыһыынча дьиэни туттубуттара.
— Социальнай-экономическай эбийиэктэр тутуулара эмиэ тэтимирбитэ дии.
— Сыл аайы саҥалыы тииптээх, тус-туһунан бырайыактаах 10-15 оскуоланы тутар сыал-сорук туруорбута. Кини бэрэсидьиэнниир сылларыгар 129 оскуола тутуллубутуттан баһыйар үгүс өттө тыа сиригэр оҥоһуллубута. Бу үөрэх кыһаларыгар биһиги оҕолорбут үөрэнэллэр, үүнэллэр-сайдаллар.
Биирдэ Штыров саҥа оскуола аһыллыытыгар сылдьан, оҕолор остолобуойга алюминий биилкэлэрин, ньуоскаларын токурута оонньуулларын көрбүтэ. Онтон ыла үөрэх кыһаларын хааччыйыы тосту уларыйбыта. Вячеслав Анатольевич саҥа эбийиэккэ барыта үчүгэй буоларын кытаанахтык ирдиирэ — паартатыгар, олоппосторугар, иһитигэр-хомуоһугар, иннэтигэр-сабыгар тиийэ.
Кини уопсайынан ыччат үөрэхтээх, сайдыылаах, кэрэҕэ тардыһыылаах буоларыгар кыһаллан үлэлээбит салайааччы буолар. Ол курдук, Мииринэйгэ инженердэри иитэр кыһа тэриллэн, саха ыччата онно үрдүттэн үөрэнэн, практикаланан, салгыы үлэлиир кыахтанна. Аллараа Бэстээххэ тимир суол, тырааныспар үлэһиттэрин бэлэмниир техникуму оҥорторбута. «Суртгутнефтегаз» тыа хаһаайыстыбатыар көмөтүн инники кэскилин көрөн, Тыа хаһаайыстыбатын академиятын саҥа куорпуһун туттарбыта. Бу дьаһалларга барытыгар тыа сирин ыччата үлэлииригэр киэҥ суол аһыллар.
Промышленность уонна тыа сирэ биир ситимнээх буолуохтаахтар
— Эн санааҕар аныгы кэмҥэ тыа сирэ тыраанспара, энергетиката, промышленноһа суох сайдар кыахтаах дуо?
—Төрүт суох. Дэриэбинэҕэ суола-ииhэ, электрическэй уота суох табыллыбаккын баар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит олус улахан, бултуур, балыктыыр сир дэлэй. Ол эрээри аныгы технологиялара, тыраанспара суох тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар уустук. Капитализм табаары эрэ билинэр, ол аата табаары оҥорон таһаарар сыахтар наадалар. Биһиги оннук санаанан салайтаран үлэлээбиппит. Холобур, Төҥүлүгэ аһы-үөлү оҥорон таһаарар кооператив үчүгэйдик тэринэн үлэлиир. Бородууксуйалара хамаҕатык атыыланар, дьон-сэргэ үөрэр, астынар.
Уонна бөдөҥ промышленнай хампаанньалар тыа сирин өйүөхтээхтэр дии саныыбын. Холобур, «Анаабыр алмаастара» хампаанньа тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин кытта ыкса үлэлэспитэ. Кинилэр алмааһы хостуур тэрилтэ үлэһиттэрин минньигэс этинэн-үүтүнэн хааччыйбыттара. Бу курдук үтүө үгэс салҕанан бара туруон баҕарабын.
Тыа сирин өйөбүлүн Россияҕа суох үрдүк таһымын тэрийбитэ
— Россия министиэристибэтин кытта ситимнээхтик үлэлээбиккит дуо?
— Элбэхтэн биир чаҕылхай холобуру ахтан-санаан ааһыахха. 2006 сыллаахха Россия Тыатын хаһаайыстыбатын кэллиэгийэтин көһө сылдьар мунньаҕа биһиэхэ тэриллибитэ. Алексей Васильевич Гордеев тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ буоларын таһынан өссө Россия бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы этэ. Саха сирин историятыгар итинник үрдүк таһымнаах мунньах аан бастакытын буолбута. Штыров аптарытыатын өссө биир дьоһун туоһута дии саныыбын. Оччолорго тыа хаһаайыстыбатын федеральнай государственнай бырагырааматыгар сылгыны үөрдээн иитии да, табаны иитии да туһунан туох да суоҕа. Россияҕа оннук дьиэ кыыллара баалларын туһунан өйдөбүл да мэлигир этэ. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, хоту дойду буурҕатыгар, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска эриллэн-мускуллан үлэлии сылдьар сылгыһыттар уонна табаһыттар үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара ханна да көстүбэт, киһи да быһыытынан туох да көмүскэллэрэ суох этилэр. Ити иһин биһиги кэллиэгийэҕэ былыр-былыргыттан үгэс буолбут төрүт дьарыктарбытын — сылгыны үөрдээн иитиини уонна таба иитиитин — федеральнай таһымҥа таһааран судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэрэргэ туруорсубуппут. Ханнык улууска илдьэбит диэҥҥэ Өймөкөөнү талбыппыт. Тоҕо диэтэххэ, Өймөкөөн — тымныы полюһа, 72 кыраадыс тымныы буолбутун туоһулуур стелла турар. Онно саха ынаҕа, сылгыта, табата барыта баар. Министиэристибэ үлэһиттэрэ Николай Винокуров салайар сылгы иитэр бааһынай хаһаайыстыбатыгар хайдахтаах курдук зоотехническай учуот үчүгэйдик тэриллибитин көрөн сөхпүттэрэ. Симменталь ынахтар сириннэрин тымныппатыннар диэн сыалыйалаахтарын олус интэриэһиргээбиттэрэ. Барытын көрөн-истэн, сөҕөн-махтайан барбыттара. Мин тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ буоламмын аҕыйах хонугунан эмиэ Москвалаабытым. Гордеев көмөлөһөөччүтэ Өймөкөөнтөн кэлбит хаартыскалары бэчээттэппит уонна миигин көрөөт эттэ: «Дьоҥҥун дьадаҥылар диигин да, бары киис бэргэһэлээх сылдьаллар. Москваҕа даҕаны бачча элбэх киис бэргэһэ суох ини. Маннык баай дьоҥҥо хайдах харчы туруорсаары гынаҕыный?». Мин туран эттим: «Киинтэн төһө ыраах олороллорун бэйэҕит көрдүгүт дии. Эһигини кинилэргэ илдьээри авиатордары кытары ый аҥаарын устата сэриилэһэн сөмөлүөтү көтүппүппүт, эбиитин бөртөлүөтү туһанныбыт. Ыстаада дьоно сэгиэйкэ бэргэһэ атыылаһа Дьокуускайга кэлэллэригэр туохтара да суох. Оттон кииһи бултууллара дөбөҥ, баар матырыйаалларынан таҥнар буоллахтара», — диэтим. Киһим: «Ну якут, нашел что ответить!», — диэн күллэ. Ол күн Гордеев докумуоннарбытыгар илии баттаабыта. Ол баттааһын тугу биэрбитэй? Сокуоҥҥа таба иитиитэ уонна сылгы иитиитэ диэн киирбитэ. Таба иитиитигэр Россия бүддьүөтүттэн сыл аайы 50 мөл солк.көрүллэр, сылгы иитиитигэр — 52 мөл.солк. Вячеслав Анатольевич бэрэсидьиэнниир сылларыгар тыа сирин өйөбүлүн Россияҕа суох үрдүк таһымын тэрийбитэ. Атын эрэгийиэннэр биhиэхэ ымсыырар эрэ этилэр.
Айгыр-силик айылҕа харыстабыла
— Вячеслав Анатольевич айылҕа харыстабылыгар кылаатын туһунан кэпсэтиэххэ.
— Россия үрдүнэн айылҕа харыстабылын министиэристибэтин оннугар кыра управление эрэ баар буолуохтаах диэбиттэрэ. Дьэ биһиги оччотооҕу миниистир Василий Гаврильевич Алексеевтыын Госдумаҕа тиийэн, дакылаат бөҕө бэлэмнээбиппит, Штыров дьаныһан туран министиэристибэни хааллартарбыта. Саха сирин курдук киэҥ иэннээх, баай айылҕалаах өрөспүүбүлүкэҕэ хайаан да туспа министиэристибэ баар буолуохтаах диэн дакаастаабыппыт.
Иккиһинэн, Роскосмос уонна оборуона министиэристибэтэ космоска көппүт ракета тобохторун Саха сириттэн кэлэн көрдөөн, булан илдьэ баралларын ситиспитэ. Билигин ракета көттө да, кэлэн көрөллөр. Оннук кытаанах ирдэбил баар буолбута.
Өссө биир бэлиэ өйдөбүлүм диэн Канада курдук ыраах дойдуттан анаан-минээн 30 бизону олохсута аҕалбыппыт буолар. Бизоннарбыт билигин төрөөн-ууһаан иһэллэрэ үөрдэр. Ол курдук айыҕабыт кэҥээн иһэр.
Биирдэ кытайдар мас кэрдэр баҕалаах дуогабардаһа кэлбиттэригэр мин хайдах эрэ ытырыктатаммын Вячеслав Анатольевичка сүбэлэһэ киирбитим. Онуоха кини эппитэ: «ити дьоҥҥо ылгын чыгыйабытын уктахпытына, илиитэ суох хаалыахпыт. Биир да маһы кинилэргэ биэримэ», — диэн.
Хааннаах киин тардыыта
— Ол аата Вячеслав Анатольевич айылҕа харыстабылын, тыа хаһаайыстыбатын проблемаларын дириҥник иҥэн-тоҥон быһаарсар этэ дуо?
— Элбэх киһи кинини промышленник, технарь эрэ дии саныыллар, оттон кини государственнай толкуйдаах мындыр салайааччы буолар. Кини Хаандыгаҕа төрөөбүт, оҕо сааһа дэриэбинэҕэ ааспыт. Үөрэҕин бүтэрээт да, Саха сиригэр үлэлии кэлбит. Биирдэ Хаандыгаҕа сырыттахпытына эппитэ: «Чэ, Дима, баран дьаарбайыахха, мин уум көтөн хаалла», — диэн. Өссө да үчүгэйдик көҕөрө илик, хап-хара чох куоппаһынан бүрүллүбүт дьиэлэрдээх, күллүҥү дьүһүннээх уулусса устун хааман иһэн эппитэ: «Манна субу-субу кэлиэхпин баҕарар буолбутум хас да сыл буолла. Дьиктиргии сылдьабын. Урут олох тардыспат этим. Ол көстөр дьоҕус, маҥан дьиэ таһыгар кыра балыыһа баара үһү, онно төрөөбүппүн. Билигин ол дьиэ суох. Онтон биллибэт тардылык тоҕо баарый?» — диэбитэ. Онуоха мин эппитим: «Вячеслав Анатольевич, арааһа, эн ыйытыыгар харда баар ээ. Эн бу сиргэ, биологтар этэллэринэн, биологическай маягыҥ, хааннаах кииниҥ хаалбыт сирэ, ол иһин тардыһаҕын», — диэбитим. Ол хааннаах киин тардыыта киниэхэ наһаа иҥмит. Саха сиригэр наһаа бэриниилээх уонна дойдубут уратытын ис сүрэҕиттэн өйдүүр киһи буолар.
Тыа сиригэр үөскээбит, иитиллибит буоламмын, мин кинини биһиэхэ, саха дьонугар, сылаас тыыннаах, биһиги норуоппут олоҕун туһунан сырдык өйдөбүллээх, киэҥ далааһыннаах, тыа сирин өйөөһүн политикатыгар олус улаханы оҥорбут киһи быһыытынан сыаналыыбын. Ис сүрэхтэн махтанабын!
Саргылана Савватеева, по материалам газеты “Кыым”, 29 июня 2023 год.