Вячеслав Штыров хайдах баһылык этэй?
04/02/2022
2002 сыл тохсунньу 27 күнүгэр Вячеслав Анатольевич Штыров Саха Өрөспүүбүүлүкэтин бэрэсидьиэнинэн талыллан инаугурацияламмыта. Онтон ыла 20 сыл ааста. Бу даатаҕа анаан, кинини кытта биир кэмҥэ үлэлээбит дьон санаатын хомуйан, матырыйаал бэлэмнээтибит.
Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана:
– “Схема комплексного развития республики-2020” докумуону бэлэмниир кэмҥэ мин Өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров хамаандатыгар киирэн үлэлээбит дьоллоохпун. “Бу бэйэтин да кэмигэр, билигин даҕаны ураты докумуон” диэххэ сөп. Сэбиэскэй кэм кэнниттэн Арассыыйаҕа маҥнайгы маннык хабааннаах докумуон этэ. Схеманы оҥорууга бырабыыталыстыба хайдах үлэлээбитин, Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ билимин институттара кыттыһан үлэлэспиттэрин билигин да өйдүүбүн. Онон, бу “2020-Схема” оччотооҕу бастыҥ экэнэмиичэскэй өй-санаа түмүллүүтэ, ол саамай ыраас чыпчаала буолбута.
Оччолорго, бу докумуону РФ бырабыыталыстыбатыгар дьүүллэһиигэ, премьер Михаил Фрадков “манна былааннаммыттан киһи мэйиитэ эргийиэх курдук” диэбит этэ. Ол курдук дьайыылааҕа сүҥкэн соруктары туруорар докумуон (О.Ф.)
Биһиги курдук киэҥ-куоҥ өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһуламмыт улахан соруктартан киһи мэйиитэ эргийиэн, тыына хаайтарыан сөп. Ону Москубаҕа мэлдьи өйдүүр-ылынар буолбатахтар. Вячеслав Штыров бэйэтин кэмигэр Москубаҕа өрөспүүбүлүкэ кыаҕын иһитиннэрбитэ, өйдөппүтэ, дакаастаабыта. Онон, хас да бүттүүн өрөспүүбүлүкэҕэ суолталаах бырайыак олоххо киирбитэ. Билигин да “Схема-2020” суолтата улахан. Кини ыыра киэҥэ бэрт буолан, барытын олоххо киллэрэр кыаллыбата. “Саха сирин арҕаа өттүн сайыннарар бырайыак олоххо киирдэ” диэххэ сөп, 15 сыл иһигэр саҥа ньиэп-гаас салаата үөскээтэ. Биһиги билигин Схеманы олоххо киллэриигэ салгыы үлэлиэхпитин наада. Арай, кэм уларыйан, сороҕор атын мэхэньиисимнэри туттуохпутун наада. Аны Саха сирин илин өттүгэр усулуобуйа тэриллэн, саҥа эбийиэктэр үлэҕэ киирэн иһиэхтэрэ.
Мин бэлитиичэскэй, салайар үлэм Вячеслав Штыров иккис болдьоҕор бэрэсидьиэнниир кэмигэр саҕаламмыта. Вячеслав Анатольевич – туох да улахан интеллектээх, үлэһит салайааччы. Кини уустук соруктары быһаарарыгар, суукканы суукканан утуйбакка эрэ үлэлиирэ, мөккүөрдээх, уустук боппуруостартан букатын чаҕыйбата. “Мин лиичинэс, салайааччы быһыытынан үүнэн тахсыыбар кини оруола олус улахан” диибин.
Егор Ларионов, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, бэйэтин кэмигэр Ил Түмэн Өрөспүүбүлүкэ Палаататын бастакы спикерэ, Федерация Сэбиэтин чилиэнэ:
– Дойду ыһыллан, туох баар систиэмэ барыта айгыраан, олохпутун нуултан кэриэтэ саҕалаабыппыт. Ити ыарахан кэмнэри биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар Михаил Николаев уонна Вячеслав Штыров курдук салайааччылар баар буолан, туруктаахтык ааспыппыт. В.Штыров салалтатынан, өрөспүүбүлүкэ ырыынакка көһөр мадьыала оҥоһуллубута. Биһиги салайааччыларбыт саамай сүдү өҥөлөрө: алмаас бырамыысыланнаһын ыспакка тутан хаалбыттара. Мин сенатор эрдэхпинэ, улахан утарсыыны ааһан, “Күндү таастар уонна металлар тустарынан” сокуону ылыммыппыт. Бу сокуон хампаанньа бэйэтин бородууксуйатын бэйэтэ дьаһанарыгар кыаҕы биэрбитэ, ол эбэтэр, оччотооҕу ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр аан дойду хампаанньаларын кытта эргинэр көҥүлү ылан, үп-харчы киллэринэн, тыыннаах хаалбыта. Бу сокуон алмааспыт хампаанньатын РФ бырабыыталыстыбатын кэккэ уоруйах чунуобунньуктарыттан көмүскээбитэ. Үс төгүл Госдума сокуону ылыммакка соппутун биһиги хамаандабыт, ол иһигэр оччотооҕу Госдума дьокутаата Егор Жирков уонна Федерация Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Егор Строев, күүскэ туруорсан, сокуон ылыныллыбыта.
Вячеслав Штыров – атыттарга майгыннаабат, ураты салайааччы. Бэйэтэ санаалаах, көрүүлээх. Бэрэсидьиэн эрдэҕинэ, өрөспүүбүлүкэ интэриэһин туруулаһан аһаҕастык киирсэрэ. Бэйэтин позициятын мэлдьи күүскэ туруорсара. Биирдэ кэбиниэтигэр киирбитим: кими эрэ кытта улахан баҕайытык саҥарсан, “күүстээх тыллары” туттан төлөпүөнүнэн кэпсэтэр. Туруупкатын уурбутугар “ити ханнык улуус баһылыгын мөхтүҥ?” диэн ыйыттым, “улуус баһылыга буолбатах, Арассыыйа үбүн миниистирэ” диэн буолла. Дьэ, Штыров кими баҕарар кытта итинник кэпсэтэр кыахтааҕа. Кини бэрэсидьиэн эрдэҕинэ, федеральнай миниистирдэр Саха сиригэр кэлэ сылдьары чиэс курдук саныыллара. Оттон билигин ханнык эрэ департамент салайааччыта кэллэҕинэ бары кинини сырса сылдьабыт. Хас кыбартаал аайы улахан чунуобунньуктар кэлэллэрэ. Оттон улахан мунньахтарга, түмсүүлэргэ Вячеслав Анатольевич бэйэтин позициятын хайаан да этэрэ, өрөспүүбүлүкэтин көмүскүүрэ.
Хабаровскайга биирдэ Уһук Илин күбүрүнээтэрдэрэ муһуннулар. “Туох баар социальнай чэпчэтиилэри туора сотор 122 №-дээх сокуону дьүүллэһэ” диэн. Мунньаҕы Вячеслав Анатольевич көҕүлээбитэ, биһиги хамаандабыт эмиэ тиийбитэ. Мунньах түмүгэр, “бу сокуон Уһук Илин нэһилиэнньэтин олоҕун ыаратар, “икки күлүүс” бириинсибин суох оҥорор, онон – утарабыт!” диэн быһаарыы ылыллан, федеральнай кииҥҥэ сурук ыыппыппыт. Онтон, дьэ, этиҥнээх холорук сааллыбата дуо!
Ол кэнниттэн күбүрүнээтэрдэр биир-биир бэйэлэрин илии баттааһыннарын ылан истилэр. Бүтэһиккэ, Штыров уонна Хабаровскай кыраай баһылыга Ишаев эрэ хаалбыттара… Мин Вячеслав Анатольевичка “арааһа, туох эрэ “оргвыводтары” ылыналлара буолуо…” диэбитим. Онуоха Штыров: “Миигин норуот талбыта. Биһиги саҥа дьиҥнээхтик олорон иһэн, билигин күлүкпүтүттэн да куттанар буоллубут. Бэйэбит позициябытын тиһэҕэр диэри көмүскүөхпүт”, – диэбитэ. Дьэ, кытаанах хараахтар!
… “Кини уурайан, өрөспүүбүлүкэ элбэҕи сүтэрдэ” дии саныыбын. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ олус элбэҕи оҥорбута. Дьиҥнээх, үлэһит бэрэсидьиэн этэ. Уоппускаҕа да барбакка үлэлиирэ, хаһан да дьыалата суох олорбото. Итини сэргэ, кини үлэтин истиилэ олус үчүгэй этэ – барыларын истэрэ, кими да тохтоппото, сурунан, бэлиэтэнэн иһэрэ. Туох эрэ сиппэтэх буоллаҕына, ону тута аһаҕастык этэрэ. Онон кини ыыппыт мунньаҕын кэннэ киһи үлэлиэн өссө баҕаран, настарыанньалаах тахсара. Мин элбэх салайааччы үлэтин көрбүт буолан, билэбин – бу улахан салайааччы үлэтин истиилэ. Үлэһиттэрин истэ да барбакка хаһыытыыр дьон бааллара, сорохтор дьону кэбиниэттэриттэн үүрэн таһаараллара. Күүстээх салайааччы хаһан да оннук гыммат.
Ити кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ буолбут экэниэмикэ уонна култуура ситиһиилэрин туһунан этэ да барыллыбат. Доруобуйа харыстабылын уонна култуура эбийиэктэрэ систиэмэлээхтик уонна көхтөөхтүк тутуллан барбыттара. Сыллата биһиги 15-тии оскуоланы тутан олоххо киллэрэрбит. Штыров барбытын кэннэ, биир эрэ сыл ол тэтим тутуһуллубута, онтон ыһыктыммыппыт.
Өлүөнэ күргэтин үбүлэниитин кини өссө 2010 с. икки федеральнай бырагырааманан ситиспитэ. Онто өссө массыына уонна тимир суоллаах этэ. Онон, Артур Алексеев: “Штыров салгыы үлэлээбитэ буоллар, күргэ тутуллубута ырааппыт буолуо этэ”, – диирэ сөп. Итини сэргэ, федеральнай суоллары тутууну булгуччу ахтар наада. Билигин да Штыров саҕанааҕы быһаарыыларынан бу федеральнай суоллар тутулла сылдьаллар – “Бүлүү”, “Халыма”, “Лена”. Авиация оччолорго олох үчүгэйдик, туох да кэһиитэ суох үлэлиирэ.
Вячеслав Штыров култуураны, үөрэҕи күүскэ өйүүрэ. Кини саҕана Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыһыахтар ыһыллар буолбуттара, Олоҥхо Юнеско шедевринэн билиниллибитэ. Биһиги билигин ол саҕана ууруллубут олук баар буолан, онно тирэҕирэн, үлэлиибит, сайдабыт.
(“Недосягаемый Егор Ларионов” интервьюттан)
Илья Семенович Шадрин, ол кэмҥэ Томпо улууһун баһылыга, билигин улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Өрөспүүбүлүкэҕэ “бырамыысыланнай сайдыы киинэ” диэн былыргыттан Мииринэйи, Нерюнгрины, Алданы ааттыыллара. Биһиги онно үөрэнэн хаалбыппыт. Ол эрээри күн-дьыл ааһан иһэр, олох уларыйар. Билигин Томпо улууһа эмиэ сайдыы киинэ буолла диэтэхпинэ – алҕаһыам суоҕа.
Томпо улууһа кэнники 10 сылга күүскэ сайынна. Манна сир баайын хостооһун, хайаны байытар фабрикалары, суолу тутуу, үрдүкү кылаастаах каадыры бэлэмнээһин – барыта баар, сайдар. Оттон инникибитигэр: элбэх соргулаах былаан турар. Аҥаардас Алдан өрүһү туоруур күргэни тутар сорук хайдаҕый! Бу барыта: Вячеслав Штыров саҕана толкуйдаммыт, оҥоһуллубут “2020-Схема” олоххо киирэн, ситиһиллэр кыахтанна.
В.А.Штыров өрөспүүбүлүкэ бэрт ыарахан кэмигэр салалтаҕа кэлбитэ. Кэлээт, бэйэтин хамаандатын иннигэр биэс сыллаах былааны ылынарга сорудахтаабыта. Бу норуот хаһаайыстыбатын сааһылыыр, социальнай эйгэни чөлүгэр түһэрэр былаан этэ. 5 сылынан сүрүн базовай салааларга көрдөрүүлэр бэттэх кэлбиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ Арассыыйаҕа биир туруктаах эрэгийиэнэ буолбута. Ол эрээри салгыы сайдар туһугар өссө киэҥ соруктары туруорар кыһалҕа үөскээбитэ. Бу идиэйэни РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин Саха сиригэр кэлэ сылдьан эмиэ өйөөбүтэ, онон Схема оҥоһуллан барбыта. Докумуону бэлэмнээһин, оҥоруу олус үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Биһиги – улуус таһымнаах салайааччылар – чуолкай тугу гынарбыт, үлэбит-хамнаспыт дьэҥкэрэ түспүтэ. Мин үлэлээбит кэммэр элбэх сайдыы бырагырааматын көрөн кэлбитим. Олор үлэлээбэтэх сүрүн төрүөттэрэ: бигэ чинчийиигэ олоҕурбатах, ситэри оҥоһуллубатах, үбүлээһиннэрэ толкуйдамматах буолара. Оттон бу Схема барытын учуоттаабыт буолан, тута олоххо киирэн барбыта.
Вячеслав Анатольевич инникини өтө көрөрө, бэйэтэ үөрэнэрэ уонна атыттары үөрэтэрэ. Дуоһунаска эҥин наадыйбат, олус судургу киһи этэ. Салайааччы быһыытынан, эйигин хайаан да болҕойон истэрэ, сороҕор мөккүһэн да ыларбыт. Ол эрээри, хаһан да “мин эппитим курдук буолуохтаах!” диэбэт этэ, бэйэтин суоттааһыннарын аҕалан туран итэҕэтэрдик дакаастыыра. “Дьэ, кини суоттуура, толкуйдуура – туспа ускуустуба” диэххэ сөп. Барытын төбөтүгэр тута сылдьарынан салыннарара. Кэпсэтэр-быһаарсар тиэмэтин 100 % баһылаабыт, билэр буолара. Кинини кытта үлэлиир олус интэриэһинэй буолара.
Оччолорго мин син уопуттаах салайааччы этим. “2020-Схема” олоххо киирэригэр бүк эрэллээҕим, тоҕо диэтэххэ, мин Вячеслав Штыровка бүк итэҕэйэрим, ситиһэн тэйэрин билэрим.
Сергей Несмелов, СӨ н/х-тын үтүөлээх үлэһитэ, уруккута “Өлүөхүмэ” агрофирма салайааччыта, билигин “Туймаада” агрохолдинг сүбэһитэ:
– 1990-с сылларга т/х-та эстэр туруктаммыта. 17 т/х-тын тэрилтэтэ моҥкуруут барбыта. Арыый туруктаах тарбахха баттанар хаһаайыстыба хаалбыта. Ол иһигэр – “Өлүөхүмэ” агрофирма. Тыаҕа ыарахан балаһыанньа этэ. Былыргы 1918-1930 сс. төннүбүт курдуктара.
2002 с. СӨ салалтатыгар Вячеслав Штыров кэлбитэ. Кини бэйэтэ бырамыысыланньык да буоллар, тута тыа сиригэр болҕомтону туһаайбыта. Бастакы ыйааҕа т/х-тын кэлим сайдыытын туһунан этэ. Онтон 2006 с., Схема-2020 оҥоһулларыгар, т/х-тын сайыннарыы сүрүн хайысха быһыытынан киирбитэ. Ол кэннэ тута 2002 с. т/х-тыгар реформалар саҕаламмыттара: дьону дьарыктаах оҥорууга, сүөһү төбөтүн тутан хаалыыга, тыа сиригэр харчыны тардыыга. Ити олус мындыр толкуй этэ. Чааһынайдартан, фермердэртэн, бааһынайдартан үүтү тутуу олохтоммута. Лиитэрэ иһин – 2 солк., онуоха судаарыстыба эбии 10 солк. биэрэрэ. Инньэ гынан, тыа сирин олохтооҕо лиитэрэ үүтү туттаран, 12 солк. ылара. Үүтү соҕутуопкалааччылар, кэмбинээттээх буоллахтарына, онно үүтү 2 солк. атыылаһан баран, бородууксуйаны 20 солк. атыылыыллара. Онон эмиэ дохуоттаах хаалаллара. Сыанатын чопчу өйдөөбөппүн, ити уопсай бириинсибин этэбин. Онон улуус аайы соҕотуопкалыыр кииннэр уонна ас кэмбинээттэрэ тэриллибиттэрэ. Кинилэр лизинг көмөтүнэн, кирэдьиит-бүддьүөт суотугар, тиэхиньикэ, тэрил-тээбирин ылбыттара. Билигин да көстөр, ити оччолорго ылыллыбыт саамай сөптөөх быһаарыы буоларын.
Вячеслав Анатольевич дьыалаҕа олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһара. Быһаарыы ылыныан иннинэ кырдьаҕастары кытта булгуччу сүбэлэһэрэ, ыараҥнатан көрөрө. Биһиэхэ бастаан Д.Ф. Наумовы, т/х-тын миниистирин кытта кэлэ сылдьыбытын өйдүүбүн. Онно дьүүлгэ биир боппуруоһу туруорбуттара: “Нэһилиэнньэттэн үүт тутуутун тэрийиэххэ сөп дуо?” – диэн. Миигин кытта атах тэпсэн олорон эмиэ кэпсэппитэ, табахтыы-табахтыы, табаарыстыы дьон курдук, судургутук кэпсэппиппит. Атын улуустарга эмиэ сылдьыбыта. Ол кэннэ ити дьаһала тахсыбыта, үүт тутуутун туһунан. Тыа сиригэр олох тиллибитэ, олохтоохтор дохуоттаммыттара, тиэхиньикэ атыылаһан барбыттара, ынах-сүөһү төбөтө эбиллибитэ.
М.Нифонтова, О.Фомина
матырыйаалларын туһанан Н.Герасимова бэлэмнээтэ.
“Кыым”, 27 января 2022 год.