06/06/2023

Россия уһулуччулаах государственнай уонна политическай үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин иккис бэрэсидьиэнэ Вячеслав Анатольевич Штыров үбүлүөйүгэр ананар.

… Сөмөлүөппүт көтөн кэлэн түспүт хонуутугар эмискэ ыт сүүрэн таҕыста. Ыт курдук ыт, атыттартан туох да улахан уратыта суох. Маннык ыттар Томпо улууһун Теплай Ключ бөһүөлэгэр тиэргэн аайы бааллара буолуо. Арай үөрбүтэ-көппүтэ сүрдээх, кутуругун эйэҥэлэтэр, үрэрин быыһыгар эккэлиир. Дьокуускайтан көтөн кэлбит АН-24 сөмөлүөтү анаан-минээн көрсө кэлбит курдук.

Бу кэмҥэ мин Вячеслав Анатольевич үөрэн мичилийбит харахтарын бэлиэтии көрбүтүм.  «Дьиэбэр кэллим», — диэбиттии ис-иһиттэн сырдаан, сөмөлүөт иһиттэн тахсыбыта.

Киһиэхэ төрөөбүт дьиэтэ сүрэҕи-быары сылаанньытар ураты истиҥ суолталаах. Мин билигин даҕаны Дьокуускайга баар эргэ дьиэм подъеһыгар саҥата суох өр да өр турааччыбын. Эдьиийбин кытта бу подъезд иһигэр күөмэйбит хайдарынан: «Кэлиэхтээх кэрэ кэм, миэхэ тыйыс буолума, буолума-а-а», – дии-дии  төһөлөөх элбэхтэ ыллаабыппыт-туойбуппут буолуой?! Манна даҕатан эттэххэ, куоласпыт үчүгэй этэ. Оскуола кэнсиэртэригэр куруук кыттарбыт. Ол да буоллар ыалларбыт тулуйа сатаан баран, ааннарыттан быган туран: «Чэ-чэ, бүтүҥ, оҕолор, түксү», — диэн буойаллара. Биһиги күлэн саһыгыраһа-саһыгыраһа салгыы оонньуу-көрүлүү барарбыт. Туох да кыһалҕата суох сып-сырдык, ып-ыраас оҕо сааспыт барахсан! Билигин улаатан, ол ырыаҕа ылланар кэрэ кэммитигэр олордохпут дии. Чэ, ити хааллын.

Дьэ ол курдук, 2016 сыллаахха сенатор, Саха сирин иккис бэрэсидьиэнэ Вячеслав Анатольевич Штыров салайар бөлөҕүн кытта Хаандыгаҕа көтөн тиийбиппит. Томпо улууһугар промышленноһы сайыннарыыга аналлаах бастакы инвестиционнай форум буолбута. Бүтүн улуус кэскилин түстүүр улахан көрсүһүү этэ.  «ГеоПроМайнинг», «Полиметалл», «Якутскэнерго» уонна да атын бөдөҥ хампаанньалар кыттыбыттара. Олус элбэх салайааччы, оннооҕор омуктар бааллара. Мунньахха араас дьоһуннаах этиилэри эппиттэрэ-тыыммыттара. Арай мин ону барытын истэ олорон, бу үлүгэр элбэх үлэ-хамнас,  киэҥ далааһыннаах геологическай чинчийии, сир баайын туһаҕа таһаарар аныгы производство хаһан барыта оҥоһуллан бүтүөҕэй, буолаары буолан Томпо улууһун Хаандыгатыгар, диэн улаханнык саарбахтыы санаабытым.

Бу бөһүөлэккэ аан бастакы сырыым этэ. Дьокуускай урукку көстүүтүн санатар, нус-хас, холку олохтоох сир курдук ылыммытым. Массыыната аҕыйах, дьоно-сэргэтэ олус элэккэйдэр. Киэн туттар тутуулара диэн Алдан өрүс кытылыгар баар таҥара дьиэтэ, көтөр тэриэлкэни санатар оҕо сайдар киинэ, итиэннэ Горно-геологическай техникум этэ. Манна аҕыйах сылынан аныгы тэтимнээх промышленность хайдах кэлиэй дии санаабытым. Дьэ улаханнык алҕаһаабыт эбиппин.

Хас да сыл элэҥнээн ааста, соторутааҕыта Нежданинскай көмүһү хостуур сиргэ сылдьан кэллим. Томпо хайаларын быыстарыгар элбэх ыскылааттаах, лабораториялаах, хайаны байытар комбинаттаах, карьердаах, сылаас, сырдык, аныгы тупсаҕай тутуулардаах бүтүн бөһүөлэк тигинэччи үлэлии-хамсыы турарын көрөн сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбутум. Ыччат диэн хара баһаам, дойду араас муннугуттан талыллан кэлбиттэр. Бүтүн Сэбиэскэй сойуустан диэн суруйа сыстым.

Ол сиртэн чугастыы «ГеоПроМайнинг Үөһээҥҥи Мэҥкэчэ» диэн үрүҥ көмүһү хостуур фабрика тутулла турар. Онуоха диэри бөһүөлэктэн көбүс-көнө суол тыргылла сытар. Уопсайынан Хаандыгаттан сир баайын хостуур учаастактарга диэри федеральнай трасса оҥоһуллубут. Кырдьаҕас үлэһиттэр кэпсииллэринэн, урут күнү быһа сахсыллан, сылайан-элэйэн тиийэр сирдэригэр билигин биэс эрэ чаас устата айанныыр буолбуттар. Саҥа уот ситимэ тардыллыбыт, хампаанньалар улууһу кытта ыкса ситимнээхтэр, ыччаты бэлэмнииллэр уонна бэйэлэригэр үлэҕэ ылаллар эбит.

Маннык бөдөҥ бырайыактар олоххо киирбиттэрин илэ харахпынан көрөн баран, 2016 сыллаахха буолбут форум суолтатын дьэ дьиҥнээхтик өйдөөбүтүм. Вячеслав Анатольевич Штыров эппит тылыгар турар, эппитин толорор үтүө үгэстээҕин өссө  төгүл итэҕэйбитим. Кырдьык, кини хаһан да  мунньахтаабыт эрэ киһи диэн дьону-сэргэни муспат,  чопчу сыал-сорук туруорар уонна үлэ хайаан да туоларын ситиһэр. Уопсайынан кыра да дьыаланы (этиигэ туочукатыгар тиийэ) тиһэҕэр тиэрдэр дьоҕурдаах, олус мындыр толкуйдаах салайааччы буолар.

Чэ, холобур, «АЛРОСА» салайааччытынан үлэлии сылдьан, Ньурбатааҕы хайаны байытар комбинат тутуутугар аналлаах мунньаҕы да ылан көрүөххэ. Үлэһиттэр тугу эрэ отчуоттууллар, дакылааттыыллар. Вячеслав Анатольевич ону барытын болҕойон истэр, туочукатыгар тиийэ иҥэн-тоҥон ыйыталаһар. Бастаан бары кыйаханаллар, туох ааттаах барытын бириинчиктэһэн хаалла дии саныыллар. Онтон толкуйданаллар уонна  туочуканы сөптөөх сиргэ туруорар буолаллар. Отонноотоххо окоойук туолар дииллэринии, туох барыта кыраттан саҕаланар. Комбинаттар, фабрикалар эмискэ тутуллан хаалбаттар, кыра-кыралаан оҥоһуллаллар.

Өлүөнэ өрүһү туоруур гаас ситимэ, «Илин Сибиир-Тиихэй океан» ньиэп хостуур утум, «Беркакит – Томмот – Дьокуускай» тимир суол,  «Сибиир күүһэ» гаас ситимэ, Дьокуускай куорат «Эргэ куората»  уо.д.а. баараҕай бырайыактар олоххо киирбиттэрэ. Вячеслав Анатольевич Саха сирин аҕыс сыл устата салайан кэлбит кэмигэр оҥорбутун барытын сырдаттахха, хас эмэ кинигэ суруллуон сөп буолуо.  Промышленность, тутуу, пааматынньыктар, оскуолалар, балыыһалар, култуура, тыа хаһаайыстыбата уо.д.а. Маннык араас хайысхалаах үлэни барытын кыайа-хото тутан, тигинэччи үлэлэтиэх диэтэххэ, хайдахтаах курдук мындыр өй-санаа, киэҥ далааһыннаах, дириҥ хорутуулаах толкуй наада эбитэ буолла? Барытын биир-биир сааһылаан, кыра-кыралаан оҥорон, ситэрэн истэҕэ. Мин санаабар, маннык дьаныардаах, үлэни тиһэҕэр тиэрдэр күүстээх санаалаах дьон бу Орто дойдуга олус аҕыйахтар.

Биирдэ Вячеслав Анатольевичтан тоҕо тутааччы идэтин талбытын туһунан ыйыталаспытым.  Ийэтэ Нина Ивановна Пидорченко геолог идэлээх, аҕата Анатолий Тихонович Штыров контр-адмирал эбит. Оттон кини тоҕо тутааччы буолла?

«Мин үлэм түмүгүн көрөрбүн сөбүлүүбүн», — диэн эр киһилии чуолкайдык хоруйдаабыта. Онтон өссө ханнык эрэ интервьютугар: «үлэ түмүгүн көрдөхпүнэ, сүргэм көтөҕүллэр, бэйэбин дьоллоохтук сананабын», — диэбитин аахпытым. Кини бэйэтин чахчы дьоллоох киһибин дэниэн сөп, тоҕо диэтэххэ элбэх былаана туолан, олоххо киирэн турар. Саха сирин ханнык баҕарар улууһугар тиийэн, бэйэтин үлэтин-хамнаһын үтүө түмүгүн тутан-хабан көрөр кыахтаах. Манна өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, бүтүн Уһук Илиҥҥэ кини иилээн-саҕалаан оҥорбута олус элбэх.

Мин санаабар, итинник айымньылаах толкуй Ийэ сиргэ истиҥ тапталтан үөскүүр. Бу маннык кэрэ, үтүө иэйии эрэ киһини тыйыс тымныыттан, өҥүрүк куйаастан, ханнык да ыарахаттартан, харгыстартан чаҕыйбакка, уустук кэмнэри туораан, иннин диэки баран иһэригэр кынаттыан сөп. Ийэ сиргэ, төрөөбүт төрүт дойдуга истиҥ таптал.

 

Ол да сырыыга, Хаандыгаҕа, Вячеслав Анатольевич бөһүөлэк устун сатыы хаампыта. Таҥара дьиэтигэр киирэн аҕабыыты кытта кэпсэппитэ, урут роддом турбут сирин, дьиэлэри, техникуму көрбүтэ. Онтон киэһэ буолбута. Дьокуускайга көтөр кэм кэлбитэ. Мин сөмөлүөккэ эрдэ киирэн, Вячеслав Анатольевичка анаан миэстэ уурбутум. Бэйэм иннигэр киирэн олорбутум. Олег Владимирович Тарасовы кытта кэлбиттэрэ, оччолорго Тарасов «Якутскэнерго» генеральнай дириэктэрэ этэ. Иккиэн миэстэлэригэр олорбуттара. Онтон Олег Владимирович эмискэ миигиттэн ыйыппыта: «Тоҕо маннык миэстэни уурдуҥ?», — диэн.

Мин бастаан тугу этэрин өйдөөбөтөҕүм. Сөмөлүөккэ саамай киэҥ уонна сымнаҕас миэстэни уурбут курдук этим. Онтон дьэ ол миэстэҕэ иллюминатор суоҕун өйдөөн көрбүтүм.

Вячеслав Анатольевич: «Чэ, буоллун», — диэбитэ. Онтон мин санаам буолбакка, миэстэбитин атастаспыппыт. Мин кэннигэр көспүтүм.  Киэһэ балачча хараҥаран эрэр этэ. Сөмөлүөппүт собуоттанан, халлааҥҥа көтөн күпсүйэн тахсыбыта. Онтон Вячеслав Анатольевич аллара бөһүөлэккэ туох эрэ көстөрүн, уот кыламныырын тухары сүүһүнэн иллюминаторы өйөөн олорбута.

Бу түгэҥҥэ мин оҕо сааһым сырдык өйдөбүлэ эмискэ тиллэн кэлбитэ. Биһиги төрөппүттэрбитин кытта аан бастаан Крымҥа сынньаммыппыт. Хоту сиртэн кэлбит оҕоҕо барыта сонун, сэргэх буоллаҕа — күп-күөх хонуулартан саҕалаан сылааһынан илгийэр уйаара-кэйээрэ биллибэт муораҕа тиийэ. Ол эрээри миигин биир дьикти номох ордук умсугуппута. Хайа буолбут эһэ туһунан. Ити биллэр номох. Баҕар истибиккит буолуо. Эһэлэр биир кыра кыысчааны булан, харахтарын харатын курдук харыстаан, оҕолорун курдук бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыттар. Онтон кыыс улаатан баран, таптыыр уолун кытта эһэлэр олорор арыыларыттан тыынан устан барарга санаммыт. Онуоха кырдьаҕас эһэ кыыһын төнүннэрээри муораны бүүс-бүтүннүү иһиэн баҕарбыт уонна үйэ-саас тухары арыы буолан хаалбыт.

Ол түгэҥҥэ Вячеслав Анатольевич тапталлаах ийэтин, аҕатын, ахтар-саныыр Хаандыгатын, Томпо улууһун туһунан сүрэх кылын таарыйар истиҥ-иһирэх ахтылҕана хаһан да, ханна да сүппэтин диэн эргитэ саныы кый ырааҕы одуулуу олорбута…

 

Маргарита НИФОНТОВА,

перевод Саргыланы Савватеевой.