20/12/2021

 ССРС  ыһыллан, олохпут отуора хамныыр, иннэ-кэннэ биллибэт уларыйыылар буола турар кэмнэригэр сахалар алмаас бырамыысаланнаһын тутан хаалбыппыт, ону сайыннарбыппыт, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһаммыппыт – бу биһиги быыһаныыбыт буолбута. Национальнай бибилитиэкэҕэ “Алмаас резиденнэрин хабыр хапсыһыыта” (“Битва алмазных резидентов”) диэн В.Щепоткин кинигэтин сахалыы тылбааһын сүрэхтэниитэ ааспыта, бэлиэ түгэн буолла.

Screenshot 20211208 085642 Video Player       

  Кыттааччылар оччотооҕу уустук кэм тургутууларын ааспыт, ону эт тириилэринэн билбит улахан салайааччылар, дьокутааттар, миниистирдии, улуус баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт дьон – “Штыров хамаандата”. Кинилэр бары сэбиэскэй кэм иитиллээччилэрэ, бырамыысыланнаска, хаһаайыстыбаннай үлэҕэ  миккиллэн, салайар үлэҕэ үктэммит дьон. Маннык дьону кэнники кэмҥэ бииргэ көрөр да ахсааннаах. Кэпсэтии, кинигэни ырытыы сүрдээх истиҥ быһыыга-майгыга ааста.

Сүрэхтэниини суруйааччы, бэлиитик Дмитрий Наумов иилээн-саҕалаан ыытта. Кинигэ ис хоһоонун кытта ол кэмнэргэ Ил Түмэн дьокутаата Михаил Санников билиһиннэрдэ.

WhatsApp Image 2021 12 16 at 17.30.08 2

Кини бу улахан айымньыга Вячеслав Штыров АЛРОСА хампаанньаҕа ыыппыт үлэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ гына, дьиҥнээх чахчыларга олоҕуран  сүрдээх хомоҕойдук суруллубутун, хайа баҕарар көлүөнэ сөбүлээн ааҕыан сөбүн туһунан бэлиээтээтэ.

“Кинини алмаас бырамыысыланнаһыгар ыарахан балаһыанньа үөскээбитигэр анаабыттара. Итиннэ хампаанньа аатын уларытарга, Учредительнай докумуону оҥорууга, хастыы бырыһыаннаах гына тэрийэргэ кини  алмаас бырамыысыланнаһын үчүгэйдик билэрэ, уопсай таһыма төһүү буолбута.  Докумуону үчүгэйдик бэлэмнээбит буолан,  РФ салалтата ону тута сөпсөһөн, ылыммыта. Кини хампаанньаны атаҕар туруоруутун, үлэтин хайдах курдук мэһэйдэһэн моһуоктаабыттара, “Штыров атыннык баран эрэр, кинини тохтотор наада” диэн кэпсэппиттэрэ кинигэҕэ суруллар”, — диэтэ.

В.А. Штыров сэбиэскэй оскуолаҕа үөрэммит, иитиллибит, хомуньуус баартыйанан уонна Саха сирин уобаластааҕы кэмитиэтинэн үрдүкү үлэҕэ тахсыбыт, акадьыамыйаҕа үөрэнэн сиппит-хоппут салайааччы буоларын бэлиэтээтэ. “Вячеслав Штыров буһуутугар-хатыытыгар оччотооҕу обком 1 сэкирэтээрэ Ю.Н. Прокопьев аата ахтыллыахтаах дии саныыбын. Юрий Николаевич 1986-87 сс. улахан каадыр реформатын оҥорбута. Онно туоһу билигин холобур, бу В.Н. Басыгысов – оччолорго обком гостиницатыгар 20 тахса киһи кэлбиппит. Ол иһигэр В.А.Штыров баара”, — диэн аҕынна.

М.Санников кинигэҕэ В.А. Штыров дьиэ кэргэнин туһунан ахтыллыбытын ыйда. Төрөппүттэрин —  геолог ийэтин, байыаннай аҕатын сабыдыаллара арыллан суруллубут, ону “Мин Анатолий Тихоновиһы кытта көрсөн кэпсэппитим, билэбин. В.А. Штыров сирэйдиин-харахтыын, саҥалыын-иҥэлиин үүт-үкчү аҕатын курдук, эмиэ чуолкай кэпсэтиилээх, байыаннайдыы быһаарыылаах, ону киниттэн утумнаабыт. Ийэтэ да, аҕата да оннук салааҕа сылдьыбыттара, үлэлээбиттэрэ киниэхэ эмиэ дьайбыт”, — диэтэ.

“Хомойуох иһин,  билигин даҕаны алмаастан киирэр үптэн үөрэх эйгэтин үбүлээһинэ, доруобуйа харыстабыла тутулуктаахтарын, оттон ыанньыксыт эбэтэр сылгыһыт алмаастан киирэр үптэн субсидияланарын киһи барыта өйдөөбөт. Онон кинигэ сахалыы тахсыбыта сүрдээх үчүгэй”, — диэн түмүктээтэ М.Санников.

Бульдозерист тылбаасчыт

         Кинигэ ааптара Вячеслав Щепоткин – биллиилээх суруналыыс, “Известия” хаһыат солбуйааччы эрэдээктэринэн үлэлээбит, суруйааччы, хас да арамаан, сэһэн ааптара. Кини ССРС үрэллиитин ыараханнык ылынан “Крик совы перед концом сезона” диэн кинигэни суруйбутун ааҕааччылар биһирээбиттэрэ. Онтун иһин улахан Судаарыстыбаннай бириэмийэҕэ тиксибитэ. В.И. Щепоткин Саха сирин улахан доҕоро, улахан патриот киһи эбит.

         Оттон кинигэни сахалыы тылбаастаабыт Павел Романович Неустроев, Амматтан төрүттээх, бэйэтэ бульдозерист идэлээх. Джек Лондоны тылбаастаабытын ааҕааччылар олус үчүгэйдик ылыммыттар. “Онон тылбааһы киниэхэ итэҕэйбиппит” диэтэ Д.Ф.НаумовП.Неустроев: “Дойду эмискэ үрэллэн, мөлүйүөнүнэн дьон турар бэйэтэ хаалбыта. Судаарыстыбаны уоран, сымыйа докумуоннарынан улахан собуоттары, хампаанньалары, баабырыкалары бас билиигэ ылыы, апчарыйыы саҕаламмыта. Ити кэмҥэ стратегическай өйдөөх-санаалаах, улахан судаарыстыбаннай салайааччы, В.А. Штыров, ыһыллыыны-тоҕуллууну ис дууһатыттан абааһы көрөн, АЛРОСАны турууласпыта”, — диэтэ.

Кини тылбаас ыарахан этэ диэн билиннэ, ордук тэрилтэлэр, дуоһунастар ааттарын тылбаастыыр илистиилээҕин эттэ. Сахалыы кинигэҕэ дьоруойга дьиҥнээх араспаанньатын төннөрбүтүн туһунан кэпсээтэ – Нууччалыыга Широков диэн сахалыыга Штыров диэн буолбут.

***

Артур Алексеев: “Дьон кинигэни аахтаҕына, баары баарынан билиэҕэ. Кинигэҕэ бэрт кытаанах киирсиилэр суруллубуттар”, — диэтэ уонна хампаанньаҕа күн бүгүн даҕаны  ыарахаттар баалларын, АЛРОСА инники дьылҕата билигин да хайдах буолуон, өрөспүүбүлүкэҕэ ол хайдах дьайыа биллибэтин эттэ. Төлөннөөх Артур: “Сиэр-туом, аһыныы диэни билбэт хапыталыыстыы систиэмэ бүрүүкээн турар. Ону бэйэбит сиспитигэр билэммит, өйдүөх тустаахпыт: кэлэр кэскили учуоттаан, быыбардарга ботуруйуоттуу өйдөөх-санаалаах дьону өрө тутуохтаахпыт, өйүөхтээхпит”, — диэн түмүктээтэ.

 “Де Бирс” хампаанньа толорооччу дириэктэрэ  “Биһиги аан дойду алмааһын бас билээри уонна туһанаары бүтүн судаарыстыбаны тэрийбиппит. Ол эрээри эһиги Штыровкутун кыайбатыбыт” диэн эппит эбит.

         Силлиэ-буурҕа сыллара

Виталий Басыгысов, оччолорго Мииринэй оройуонун баһылыга, кэлин Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ:

— –Мииринэйгэ үлэбин саҕалаабыт буолан, В.И. Тихоновы, Л.Л. Солдатовы, В.В. Рудаковы, В.В. Пискуновы ыраахтан да буоллар, көрөр этим. Кинилэр бииргэ үлэлээбит дьоннорун кытта алтыһан, кинилэр тустарынан санааларын истэн кэлбитим. Онон бу кырдьык, дьиҥнээх улахан салайааччылар этэ диэн билэбин. Онтон атын “резиденнэр” бары да хампаанньа “непрофильнай” актыыптарын атыылыы охсо-охсо сүтэн иһэллэрэ.  1992-2000 сс. Мииринэй оройуонун баһылыгынан үлэлээбитим. Дьэ, кырдьык, буурҕа-силлиэ сыллара этэ. В.А. Штыров 1995-96 сс. Мииринэйгэ кэлбитэ. Сүбэринитиэт ылынан, боломуочуйалаах курдукпут да, хампаанньа күүстээх салалтата суох муна-тэнэ сылдьара, бырабыыталыстыба көмөтүн, ыйан-кэрдэн биэрэрин күүтэрэ. 90-с сыллар ортолоругар, тэрилтэ бэйэтэ алмааһы атыылыар диэри, кэлтэгэй кэппиэйкэтэ суох, дьон хамнаһын кыайан төлөөбөт балаһыанньалана сылдьыбыппыт. Светлэйгэ 5 тыһыынчаттан тахса киһи икки сылы хамнас ылбакка, суолу бүөлээн, миитиннии тахсыбыта. Дьэ, оннук кэмнэр этилэр. Оччолорго Шерманныын арматурабытын, электродтарбытын тиэйэн, Үөһэ Бүлүүгэ тиийэн, ону эккэ-арыыга атастаһан, дьоммутун өйүүрбүт.

Бүлүү ГЭСкэ Черномырдинтан Чубайска тиийэ аҕалан көрдөрбүппүт да “бу сахаларга бэйэҕитигэр наада, бэйэҕит дьаһаныҥ” диэн баран хаалбыттара, туох да туһа тахсыбатаҕа. Урут алмаас сабыылаах тиэмэ буоллаҕа. Үлэһиттэри кыраныысса таһыгар да таһаарбаттара. Онтон М.Е. Николаев “биһиги бэйэбитин бэйэбит дьаһанар бырааптаахпыт, онон биһиэхэ бас биллэрбэккэ былыргы сэбиэскэй кэмнээҕи курдук быһыыланар сыыһа”, — диэбитэ олоххо киирэн, В.А. Штыров кэлиэҕиттэн барыта уларыйан барбыта. Бастаан “биһиги алмаас ырыынагын билбэппит, сибээспит суох,  ону дьэбириэйдэр эрэ дьаһайаллар” диэн кэтэмэҕэйдиир этибит. Хааччахтыыллара да баара. Штыровка наар киирэ-тахса сылдьар этим. Онно киирдэхпинэ, түннүккэ хайыһан, табаахтыы турар буолара: “Бачча хонук иһигэр быһаарыллыбатаҕына, дьыалабыт “хаахтыйар”, хотугу таһаҕас тиэйиитэ, оттук суох буолар, барыта “швах”, — диирэ. Хата, дьолго, Примаков бырабыыталыстыбаҕа кэлэн, куулунан мунньуллубут алмааспыт атыыланан, харчы “үллэс” гына түспүтэ. Өрөспүүбүлүкэ ол  кэнниттэн өрө тыынан, “сүбэрэнитиэт” диэн тыл экэнэмиичэскэй ис хоһоонун, суолтатын өйдөөбүппүт.

WhatsApp Image 2021 12 16 at 17.30.08

         Күргэни туппут буолуо этэ

–Тэрилтэ нолуогун, хамнаска иэстэрин төлөөн баран, В.А. Штыров туох баар рудниктары барытын оҥотторбута. 30 сыл быраҕыллан турбут Бүлүү ГЭС, Интернациональнай ГОК үлэҕэ киллэриллибиттэрэ, Ньурба алмааһын хостоон саҕалаабыттара, Хара муора кытылыгар сонотуоруйдар тутуллубуттара. Баҕар, Штыров үлэлии сылдьыбыта буоллар, Амурга металлургия собуота тутуллуо этэ – оннук былаан баара. Кини хорсун-хоодуот санаата биһиэхэ күүһү-уоҕу саҕара, эрэли үөскэтэрэ. Штыров үлэлии сылдьыбыта буоллар, Өлүөнэ күргэтин бэйэтэ туппут буолуо этэ. Оннук киһи биһигини салайа сылдьыбыта.

Суруллубуту иһиттэн билэр буолан, кинигэни ааҕан, уруккуну санаан, мунчааран ыллым. Алмаас бырамыысыланнаһыгар хайдах курдук улахан үлэ барбытын саха дьоно билбэт. Биһиги ирбэт тоҥҥо аан бастаан рудниктары туппуппут. Ханна да биһиэнин курдук ГЭС суох. Биһиги дьолбутугар, манна Батенчук уо.д.а. курдук улахан салайааччылар үлэлээбиттэрэ. Ол дьонтон ким даҕаны хаалбата. Билигин АЛРОСАҕа төлөпүөннүүр да киһим суох. Олох саҥа дьон кэллилэр. Хайдах үлэлии сылдьарын билэҕит. Эрэммит аҕай “Мир” рудникпыт тимирдиллэн турар.  “Сөргүтүөхпүт-гыныахпыт” дииллэр да… син биир эрэнэр наада.

***

Владимир Григорьевуруккута Орто Халыма баһылыга, СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ, кинигэ табыллыбытын, уу сахалыы, сүрдээх хомоҕой тылынан суруллубутун эттэ уонна “Кинигэни ааҕа олорон, В.А. Штыров үлэлии сылдьыбыт оччотооҕу күүрээннээх кэмигэр киирэн тахсыбыт курдук санаатым. Кинигэни икки араас омук дьоно суруйбут. Вячеслав Иванович саҥа устуоруйаҕа сытыы, тутаах тиэмэлэргэ суруйар, сүрдээх киэҥ билиилээх-көрүүлээх киһи эбит. Оттон Павел Романович бэйэтэ сахалыы тыыннаах, алмааска үлэлээбит, тугун-ханныгын билэр-көрөр киһи буоларынан, үүт үкчү дьоннорун уобарастаан көрдөрбүт. Ол курдук, Штыров мичээрэ, Крикунов (Пискунов) көөҕүнээһинэ – дьоннорун барыларын көрөн олорор курдуккун.

Вячеслав Анатольевиһы кытта, улуус баһылыгынан үлэлии сылдьан, кэлин 9 сыл кэриҥэ  бырабыыталыстыба чилиэнинэн, миниистиринэн үлэлии сылдьан, элбэхтик алтыспытым. Бу кинигэ урукку устуоруйаны эрэ арыйан сырдатар буолбатах. Бу чахчы толкуйдатар уонна инникитин хайдах дьаһанан олоруохтаахпытый диэн санааҕа аҕалар кинигэ. Билигин даҕаны, АЛРОСА туруктаахтык үлэлииригэр туох үлэ барыан сөбүй диэн ыйытыы долгутар. Вячеслав Анатольевич бэйэтин кэмигэр 2020 сылга диэри схеманы толкуйдаабыт,  тыа сирин сайдыытыгар президентскэй бырагырааманы киллэрбит киһи буоларынан, саха дьоно кинигэтин сэргээн ааҕыахтара дии саныыбын”, — диэн санаатын эттэ.

         Дьоруой диибин

Владимир Ильич Птицын, оччолорго СӨ үбүн миниистирэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга:

         — Үп-харчы эйгэтигэр үлэлээбит, АЛРОСА кыһалҕатын чугастык билэр буолан,  “Де Бирси” кытта дуогабар түһэрсээри, В.А. Штыров хайдах курдук эрэйи көрбүтүн билэбин. Араас быыстан-хайаҕастан тахсыбыт түөкүттэр, лиссиэнсийэни биэримээри сордообуттарын туоһута – мин. Оннооҕор, алмааһы Гохраҥҥа аагынан туттаран баран, харчытын сыл аҥаардыыта кыайан ылбакка сылдьыбыттара баара этэ. Собуоттары, баабырыкалары итинник иэскэ тиэрдэн, моҥкурууттатан баһылаабыт кэмнэригэр В.А. Штыров сүрдээх сорунуулаахтык ону утаран, кыайбыта. Араас “псевдо-бэлиитиктэр” билигин кинини баһааҕырдан, дьаралыктары ыйыыллара — барыта  суос-сымыйа, олоҕо суох. Ону сөпкө өйдүүргэ бу кинигэ кылаатын киллэриэ. Мин кинини дьоруой диэн сыаналыыбын. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит  бүддьүөтүн дохуоттаах чааһын аҥаарын АЛРОСА биэрэрэ. Бүддьүөппүт доҕолоҥноон ылбыт кэмнэрэ эмиэ баара. Баһылыктар ону бэркэ диэн билэбит бүддьүөт үлэһиттэрэ ыйы-ыйынан хамнас ылбатах кэмнэрин.

Дьэ ол кэмнэргэ АЛРОСА нолуокпут сүрүн поставщига буолан, кини көмөтүнэн итинник ыарахан кэмнэри мүччү түспүппүт. В.А. Штырову “баайы-дуолу ыскайдаабыта” диэн онно суох буруйдууллар. Итиннэ этиэм этэ: кини оннук киһи буолбатах. Штыров — чиэһинэй киһи. Кинини кытта өр кэмнэргэ бииргэ үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Хайа баҕарар боппуруоска киирсэр кыахтаах, айылҕаттан айдарыылаах улахан салайааччы. Холобур, “Якутуоголь” АОну баайын-дуолун ыспыта, атыылаабыта диэн кириитикэлииллэр. “Якутуголь” кэм сэнэх эрдэҕинэ, кини дакаастаан, ол ааксыйаларын атыылаан, ол харчытыгар Саха өрөспүүбүлүкэтэ тиксибитэ — кини ситиһиитэ. “Якутуголь” тэрилтэни сыанатын чэпчэтэн баран, чааһынай бас билиигэ ыла сатаабыттара. Онон, “Якутуголь” улахан сыанаҕа атыыланан өрөспүүбүлкэҕэ туһалаабыта биһиги ситиһиибит.

Туох даҕаны оонньуута суох, сахалар дьолбутугар төрөөбүт киһи диэххэ сөп. Киһи аатын тыыннааҕар даҕаны үйэтитэллэр, онон итиннэ ылсар наада диэн этиилээхпин.

WhatsApp Image 2021 12 16 at 17.30.08 1

***

М.Аммосов аатынан ХИФУ Түмэлин дириэктэрэ Афанасий Мигалкин: “Оруобуна 30 сыл анараа өттүгэр В.А. Штыров саха интэлигиэнсийэтин кытта көрсүһүүтэ бу бибилитиэкэҕэ тэриллибитэ. Ону кытта кини 30 сыл анараа өттүгэр улахан бэлиитикэҕэ киирбитэ. Онон бүгүҥҥү сүрэхтэнии киэһэтэ бэйэтэ бэлиэ түгэн буолла. Тыйаатырга буолбут улахан мунньахха М.Е. Николаев “Я рассчитываю на помощь депутатов всех уровней, своих сторонников и конечно же первого вице-президента республики В.А. Штырова”, — диэн тыл эппитэ баар, ол В.Щепоткин кинигэтигэр киирбит. Онон, Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев уһун толкуйдаах, каадыры таба көрөр буолан, кинини талбыт эбит”, — диэн сыаналаата.

         Көмүспүт барбыта

         Илья Шадрин, оччолорго Томпо улууһун баһылыга:

— –Вячеслав Анатольевич Хаандыгаҕа төрөөбүт биһиги бэйэбит киһибит. Ийэтэ геологынан 40 тахса сыл үлэлээбитэ, эдэркээн геолог кыыс, Мэҥкэчэҕэ үлэлии сылдьан, кинини төрөппүт. Оччолорго В.А. Штыров бэйэтин хамаандатын кытта кэлбэтэҕэ буоллар, туох буолуон киһи сэрэйиэн да саллар. Кинилэр АЛРОСАны сабыылаах ааксыйалаах тэрилтэ оҥорон, ыһыллыыттан быһаабыттара, ааксыйатын 32%-РФ, 30%-нын –СӨ, 8%-нын алмаастаах түбэ оройуоннара, онтон атына – кэлэктиип бас билиитигэр киирбитэ. Көмүс хостуур бырамыысаланнаһы ыспыттарын, ону барытын үллэстибиттэрин курдук гыммакка, кинилэр алмаас бырамыысаланнаһын тутан хаалбыттара. Сыл аайы оччолорго 35 туонна көмүс хостоноро. Онтон ыһыллыы кэмигэр 16 көмүсчүттэр бөһүөлэгин саппыттара – соруйан, көмүс хостуур бырамыысаланнаһы тобуктатан баран, чааһынай бас билиигэ ылаары. Ити кэмнэргэ сылга 11 туонна көмүс хостоноро. 20-чэ сыл ааспытын эрэ кэннэ, 2017 сыллаахха 32 туонна көмүс хостонно диэн буолла. Арай, көмүс хостуур бырамыысаланнаска итинник тахсыбатаҕа буоллар, биһиги эмиэ онтон үрдүк кирбиилэри ситиспит буолуо этибит диэн ытырыктата саныыбыт…  Дьэ, салалтаҕа дьулуурдаах, кытаанах санаалаах, өрөспүүбүлүкэ интэриэһин туруулаһар салайааччы суоҕа итинэн кутталлаах. Кинигэ итиннэ үөрэтэр. Сахалыы тылынан тахсыбыта олус үчүгэй.

         Хабыр хапсыһыы

         Владимир Прокопьев, оччолорго Ньурба улууһун баһылыга:

         — РСФСР Үрдүкү Сэбиэтэ 1991 с. ылыммыт 3020№-дээх уурааҕар федеральнай киин уонна субъектар баайдарын-дуолларын хайдах үллэстиэхтээхтэрэ, ханнык хайысхалаах салаалар ханна барыахтаахтара сурулла сылдьара. Докумуон аанньа үлэлээбэтэҕэ, ол эрэн 2000 с. балаһыанньа уларыйан, кииннээһин саҕаламмыта. Субъектарга федеральнай кииҥҥэ сөп түбэһэр баайгытын-дуолгутун биэриҥ диэн суостаах хамаандалар кэлбиттэрэ, ыгыы саҕаламмыта. Сир баайынан дьарыктанар, тырааныспар, сибээс, куттала суох буолууга сыһыаннаах тэрилтэлэр барыта федеральнай бас билиигэ барыахтааҕа, субъекка дуона суох – тыа хаһаайыстабыта, атах-бытах тэрилтэ хаалыахтааҕа.

В.А. Штыров сөбүлэспэккэ, унньуктаах уһун киирсиитэ саҕаламмыта. “90-с сылларга бу тэрилтэлэри бэйэбит өйөөммүт, тыыннаах хаалларбыппыт, онон эмиэ өҥөлөөхпүт” диэн дакаастаан, мөрөбүөй сөбүлэһиннэриини түһэрсиэххэ диэн илии баттаспыппыт. Хас да сыл дьүүллэһиллэн, илии баттаммытын түмүгэр, өрөспүүбүлүкэ барыстаах хаалбыта. “Якутуголь” тэрилтэни буор босхо киин былааска бэрик биэрбитэ”, — дииллэрэ олох сымыйа. Тэрилтэни туруктаах эрдэҕинэ атыылаан, 50  млрд. солк.  өрөспүүбүлүкэ наадатыгар, инфраструктура сайдыытыгар, тимир суолу тутууга, газификацияҕа диэн киирбитэ.  Оннук буолбатаҕа буоллар, бу буор босхо баран, өрөспүүбүлүкэҕэ туох да туһата суох буолуо этэ. Ону ситиспит киһи — В.А.Штыров.

WhatsApp Image 2021 12 16 at 17.30.09

        Ситэ өйдөппөтөхпүт

         Юрий Николаев, Ил Түмэн дьокутаата, бүддьүөт кэмитиэтин салайааччыта, оччолорго Бүлүү ГЭС салайааччыта:

         –Бэлиитикэҕэ киһи өйдөөбөт түгэннэрин, араастаан таайан бараллар. Онуоха “хаһан эрэ кырдьык күөрэйиэ, тоҕо бу маннык буолбутун билиэхпит” эрэ дии саныыгын. Бүгүн оннук түгэн үүннэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ атын өйдөбүл баарыгар биһиги, В.А. Штыров бииргэ үлэлээбит дьоно, ситэ өйдөппөтөх, тиэрдибэтэх буруйбут эмиэ баар. Кинини бырамыысыланнаһы салайбыт С.З. Борисовка холуохха сөп. С.З. Борисов билигин үлэлии турар бырамыысыланнас: көмүс, алмаас, энэргиэтикэ буоллун, таас чоҕу хостооһун  үгүс боппуруостарын бэйэтэ сүүрэн-көтөн, бэл, түннүгүнэн да киирэн быһаартарбыта. Билиҥҥи бүддьүөппүт оҥкула туолуута, барыта С.З. Борисов уонна В.А. Штыров оҥорбут исхиэмэлэригэр олоҕурар. Онон В.А. Штыров аата ааттаныахтаах, кини туһунан дьон билиэхтээх, үлэтэ-хамнаһа сөпкө сыаналаныахтаах.

         ***

         Мустубут дьон “бу кинигэ устуоруйаны, буолан ааспыт түгэннэри эрэ бэлиэтээһин буолбатах, бу – ааспыт кэми анаарыы, ону сэргэ – инники кэскили тобулуу” диэн сыаналаатылар. Бибилэтиэкэ дириэктэрэ В.Б. Борисов, пуондаҕа барыта 1000 кинигэ бэлэх курдук киирбитин улуустар бибилэтиэкэлэринэн тарҕатыахпыт диэбититтэн кинигэ ааҕааччыга тиийиэ диэн эрэнэбит. Уустук кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэни салайбыт дьоммутун сөпкө сыаналыыр, кинилэргэ махталбытын тиэрдэр  кэммит кэллэ.

Нина ГЕРАСИМОВА, “Кыым”, 16 декабря 2021 год.